Торуойга Д.Ф. Алексеев 85 сааhыгар тэрээhин
Алексеев Дмитрий Федотович баара буоллар бүгүн - сэтинньи 13 күнүгэр 85 сааһын туолуохтаах этэ.- дьыл ааhара тургэнин, ол гынан, улууспутугар тарбахха баттанар тумус туттар дьоммутун,төhө да кэм аастар, умнубакка холобур оҥостон, ахта-саныы сылдьан, кини олорон ааспыт кэмин сөргүтэн үйэтитэр, биһиги иэспит буолар. Д.Ф. Алексеев тулаайах олохтон бэйэ ис санаатын күүһуүүнэн төлө көтөн тахсан, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буолуутун үлэтинэн көрдөрөн, норуотун батыһыннаран бэйэтин кэмигэр элбэҕи онорбут, ситиспит киһи буолар. Биьиги, биир дойдулаахтара, бүгуҥҥү күҥҥэ улэлии-хамныы сылдьар дьон - "кини олорон ааспыт килбиэннээх олоҕо , көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, умнуллуо суоҕа" - диэн этэбит.